"Күһүнү уруйдуох"
- sdkchakyr
- 9 окт. 2020 г.
- 1 мин. чтения
Балаҕан ыйын 21 күнүттэн 30 күнүгэр дылы Чакырдааҕы культуура дьиэтин иһинэн "Күһүнү уруйдуох" диэн араас таьымнаах онлайн күрэхтэр буолан аастылар. Ол курдук: "Көмүс күһүн кэһиилэрэ"- бүлүүдэ күрэҕэ, "Тохтоо, көмүс түгэн"- биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн хаартыска күрэхтэрэ, "Күһүнү хоһуйуох"- оҥоһук күрэҕэ, "Күһүҥҥү долгураҥ"-хоһоон күрэҕэ.
Күрэхпит инстаграмм ситиминэн ыытылынна, сааһыгар хааччаҕа суох. Нэһилиэнньэ олохтоохторо, ону сэргэ, тас да нэһилиэктэн кыттыыны ылбыттара олус үөрдэр.
Күрэхпит түмүгүнэн:
- "Көмүс күһүн кэһиилэрэ"- бүлүүдэ күрэҕэр кыайыылаах Айгылаана Христофорова;
- "Тохтоо, көмүс түгэн"- биирдиилээн хаартыска күрэҕэр кыайыылаах Аделина Григорьева;
- "Тохтоо, көмүс түгэн"- бөлөҕүнэн хаартыска күрэҕэр кыайыылаах Новиковтар дьиэ кэргэн.
- "Күһүнү хоһуйуох"- оҥоһук күрэҕэр кыайыылаах Виталий Николаев;
- "Күһүҥҥү долгуран"- хоһоон күрэҕэр Эмис нэһилиэгин 6-с кылаас оҕолоро кыайыыны ситистилэр.
Comments